Конспект урока Көтөрдөр

Уруок аннотацията

Валерий Чиряев «Көтөрдөр» диэн хоһоонноро алын сүһүөх кылаас о5олоругар төрөөбүт тылы үөрэтии программатыгар киирбэтэхтэр. Онон кылаас таһынан аа5ыыга киллэриэххэ сөп. Бу айымньылар билиҥҥи кэмҥэ олус актуальнайдар. О5олорбут айыл5аттан тэйэн, көтөрү да, чыычаа5ы да билбэт буолан иһэллэр. Эгэ, саҥаларын арааран билиэхтэрэ дуо?!

Уруоктар сүрүн сыаллара көтөрү, чыычаа5ы биллэрии, нуучалыы-сахалыы ааттарын үөрэтии, саҥаларын иһитиннэрии, айыл5а5а тапталы, харыстабылы иитии. Уруоктарга SMART NOTEBOOK программанан таҥыллыбыт страницалар, LAT-2/RU туттуллаллар. Уруок үгүс этаптара интерактивнай дуоскаҕа көрдөрүүгэ олоҕурар.

Содержимое разработки

Интерактивнай дуосканы туһанан ыытыллар уруоктары көрүү республикатаа5ы күрэхтэрэ

Уруогу оҥордо:Үөһээ Бүлүүтээҕи начальнай оскуола учуутала Чуручанова Наталья Васильевна.

Предмет: төрөөбүт тылынан аа5ыыга кылаас таһынаа5ы уруок.

Кылаас: 3-4

Уруок тиибэ: саҥа айымньыны билиһиннэрэр.

Темата: В. Г.Чиряев «Көтөрдөр» хоһооно.

Уруок сыала уонна педагогическай соруктара:

  1. программаҕа киирбэтэх айыиньыны,

кини авторын билиһиннэрии;

2) хоһоон тутулун, строфа, рифма туһунан билиилэрин чиҥэтии:

3) хоһооҥҥо кэпсэнэр көтөрдөрү көрөн билэргэ үөрэтии

4) тыл баайын хаҥатыы;

5) айыл5аны таптыырга иитии.

Тирэх билиилэр, үөрүйэхтэр уонна дьайыы ньымалара:

  1. ааҕыы үөрүйэхтэригэр олоҕуран, хоһоону дорҕоонноохтук ааҕыы;

  2. хоһоон тутулун билиилэригэр олоҕуран, айымньыны ырытыы;

  3. олоххо ылбыт билиилэригэр олоҕуран, ыйытыыларга толкуйдаан хоруйу биэрии.

Былааннанар педагогическай түмүк:

  1. хоһоонтон төрөөбүт тыл баайын, кэрэтин иҥэринии;

  2. хоһооҥҥо киирбит көтөрдөр тустарынан саҥа билиини ылыы;

  3. бу көтөрдөр ойууларын көрөн билэргэ холонуу.

Туттар тэрил: компьютер, проектор, SMART NOTEBOOK программанан таҥыллыбыт страницалар, хоһоон бэчээттэммит лиистэрэ. Уруок үгүс этаптара интерактивнай дуоскаҕа көрдөрүүгэ олоҕурар.



Уруок хаамыыта:

1.Тэрээһин чаас. Уруок проблематын туруоруу.

- Оҕолор, бу ойууга баар көтөрдөртөн ханныктары билэҕит?

- Төһө элбэх көтөрү билэр эбиккитий? Тоҕо билбэппит дии саныыгын?

-Билигин бу ойуулары көрүҥ эрэ. (компьютерга олорор оҕо уонна айылҕаҕа сылдьар оҕо) Ханнык ойуу эһиэхэ ордук чугаһый? Тоҕо?

  • Оттон иккис ойууну талыаххытын баҕараҕыт дуу?

Билигин оҕолор компьютер, телефон, Интернет доҕордоннулар. Ити сайдыы көстүүтэ буолар. Ол эрэн ханнык да кэмҥэ айылҕалыын алтыһыы үчүгэйи эрэ түстүүр.

- Оҕолор, бүгүн биһиги Валерий Георгиевич Чиряев «Көтөрдөр» диэн хоһоонун ааҕыахпыт. Хоһоон тутулугар, тылы байытыыга уонна саҥа билиини ыларга дьулуһан үлэлиэхпит. Валерий Чиряев олорор кэмигэр бу ъоһооҥҥо көстөр көтөрдөрү оҕо барыта билэрэ. Оттон эһиги төһө билэр эбиккитий?

2. Авторы кылгастык билиһиннэрии.

- Валерий Чиряев диэн кимий?

1911 сыллаахха ахсынньы 19 күнүгэр Бүлүү улууһугар төрөөбүтэ.

Поэт, прозаик, тылбаасчыт.

30-тан тахса сыл учууталлаабыта.

3. Саҥа темаҕа киллэрии.

- Оҕолор, ханнык өс хоһооно саспытын биллигит дуо? Саспыт тыллары этиҥ.

Көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн.

- биһиги хоһоон көмөтүнэн элбэх көтөр туһунан билиэхпит.

Онон В. Чиряев «Көтөрдөр» диэн хоһоонун ааҕыаҕыҥ:

1 сирэй

Тайбыыр дьаҕыл кынаттанан

Таллан куоҕас хахаарар.

(куоҕас ойуута, көтөн эрэрин уһулбут хаартыската)

Валерий Георгиеви куоҕаһы тоҕо дьаҕыл кынаттаах диэбитий? (Эппиэтэ LAT-ка баар - тылдьыттан). Эмиэ LAT-ка куоҕас нууччалыыта – нөҥүө өттүгэр – гагара. Таллан – даллан, тайбыыр – дайбыыр. Тоҕо?

2 сирэй

Куба, сылгы чыычааҕа,туруйалар, күөрэгэй, хараҥаччы ойуулара. Күөрэгэй ырыата иһиллэр.

Көмүс талба куорсуннаах

Көтөр бииһэ айдаарар.

- Бу көтөрдөрү билэҕин дуо?

- талба диэн тылы билэҕин дуо? (LAT-ка эппиэтэ баар).

Куорсун диэн тугуй? (LAT-ка ойуута баар).

3 сирэй.

Кэҕэ, барабыай. чыычаах ойуулара. Кэҕэ этэрэ иһиллэр.

Чыычаах ыллыыр, кэ5э этэр

Чараҥ тыакам кэтэ5эр.

- Кэҕэни тоҕо сайын илдьитэ дииллэрий?

- Тыакам диэн тыл туох суолталааҕый? (оҕокком)

Чараҥ диэн тугуй? (LAT-ка эппиэтэ баар).

4 сирэй.

Бараахтар хаартыскалара.

Бадарааҥҥа сахсаҥнас

Бараах үөрэ барылас.

- Барааҕы көрбүтүҥ дуо?

- Үөр бараах диэн тугу этэллэрий?

- бараах туһунан тугу билэргитин этиҥ.

- Сахсаҥнас, барылас – туох биирдээхтэрий?

Бараах нууччалыыта? (LAT-ка эппиэтэ баар).

5 сирэй.

Чөкчөҥө ойуулара.

Чөрөҥөлүү сүүрэ сылдьан

Чөкчөҥө чохчоҥноото,

Төрүкү аччык буолан,

Төбөтө чороҥноото.

- Поэт тоҕо чохчоҥноото, чороҥноото диэн тыллары туттарый?

- Чөкчөҥө нууччалыыта? (LAT-ка эппиэтэ баар).

6 сирэй.

Үгүрүө хаартыскалара.(Үгүрүө саҥата баар).

Үлтү түспэт күөрэйэн,

Үгүрүө өрө дайан,

Эрбэх саҕа да буоллар,

Эһэ кыылы чаҕытар.

- Үгүрүө эһэни хайдах куттууруй?

- Эрбэххитин көрдөрүҥ эрэ. Поэт тоҕо бу кээмэйи туттубута буолуой?

- Чаҕытар диэн тыл синонима. (LAT-ка эппиэтэ баар).

- Үгүрүө нууччалыыта. (LAT-ка эппиэтэ баар).

- Оҕолор, эһиги үгүрүө туһунан үһүйээни билэҕит дуо? Үгүрүө 4сымыыттаах буолар эбит. Онтон элбээбэт. Ол иһин кини таҥараҕа ккыһырбыт. «Мин аймахтарбар элбэх сымыыты биэрдиҥ, онтон миэнэ иоҕо аҕыйаҕый»- диэбит. «Сымыыппын эппэт буоллаххына үлтү түһэн өлүөм», - диэбит уонна куттаан, аллара курулаан иһэн, өрүһүнэн, төттөрү үөһэ күөрэйбит. Ол курдук билигин да куттуу сылдьар эбит.

7 сирэй.

Ымыылар хаартыскалара. (Ымыы ырыата)

Ымыы чыычаах ырыаһыт

Ырып-чырып саҥарбыт.

- Ымыы ханна ордук элбэхтик баар буоларый? Тугунан аһылыктанарый?

(LAT-ка эппиэтэ баар).

Ымыы нууччалыыта. . (LAT-ка эппиэтэ баар).

8 сирэй.

Чооруос хаартыскалара. Чооруос ырыата.

Догдос-игдэс чооруостар

Тумустарын соттоллор.

- Чооруос оройугар кыһыл бэлиэ тоҕо баар буолбутун туһунан ким ханнык остуоруйатыгар кэпсэнэр этэй? . (LAT-ка эппиэтэ баар).

- Чооруос нууччалыыта. . (LAT-ка эппиэтэ баар).

- Паараласпыт тылы этиҥ.( Огдос-догдос)

9 сирэй.

Өтөн ойуута, хаартыската. Саҥата иһиллэр.

Ѳр-өтөр чараҥҥа

Ѳтөн үөтэр саҥата,

- Өтөн ханнык көтөргө маарыҥныырый?

- Нууччалыытын билэҕит дуо? (LAT-ка эппиэтэ баар).

Эбии информация: кини ойуур саҕатыгар олохсуйар. Хонууга, бааһынаҕа сылдьан аһылыгын булунар. От сиэмэтин, бурдугу сиир.

10 сирэй.

Чаччыгыныар хаартыската. Чаччыгыныар саҥата.

Чагда тыа5а чарылас

Чаччыгыныар чардыр5ас

- Чагда диэн тугуй?

- Чаччыгыныар нууччалыыта. (LAT-ка эппиэтэ баар).

11 сирэй.

Тураахтар хаартыскалара. Саҥаларын иһитиннэриэххэ сөп.

«Даахыр-дуухур» саҥаран,

Тураах тула көрөөхтүүр,

Тэлиэс-былаас дайбанан,

Тиэрэ-маары көтөөхтүүр.

- Эн санааҕар, суруйааччы тоҕо көтөөхтүүр, көрөөхтүүр диэбитэ буолуой?

- Бу тыллар туох дьиктилээхтэрий?

- Тураах тугу сиирий?

12 сирэй.

Араас көтөрдөр ойуулара, хаартыскалара. Көтөрдөр саҥалара иһиллэр.

- Хоһооммутун кытта билсистибит. Аны ааҕан көрүөҕүҥ. Учуутал ааҕар, онтон оҕолор.

- Хоһоону сөбүлээтигит дуо?

- Тугун сөбүлээтигит?

- Хоһоон эһиэхэ саҥа билиини ыларгытыгар көмөлөстө дуо?

13 сирэй.

Оонньуу «Хоһооҥҥо баар көтөрдөрү төһө өйдөөтүҥ?»

LAT-тарга көтөрдөр ойуулара баар, баттаатахха нөҥүө өттүгэр сахалыы, нууччалыы ааттара тахсар.

- Эһиги санааҕытыгар, билиҥҥи кэмҥэ Валерий Чиряев бу хоһооно төһө актуальнай эбитий?

- Тоҕо оннук санаатыҥ?

- Туох саҥаны биллиҥ?

Айар үлэ.

Ойуулары көрөн, сөбүлээбит көтөргүт туһунан этиилэрдэ эбэтэр хоһоон строфатын суруйуҥ.

4. Уруок түмүгэ. Оҕолор, бу уруокка ылбыт билиигитин умнан кэбиһимэҥ диэн тылдьыт тылларын уонна көтөрдөр сахалыы-нууччалыы ааттарын суруйбут лииспин эһиэхэ биэрэбин.















Бу тыллары өйдөө:

Куоҕас – гагара, бараах – кулик-воробей, чөкчөҥө – фифи, үгүрүө – бекас, ымыы – снегирь, чооруос – чечетка, өтөн – горлица, чаччыгыныар – дрозд.

Дьаҕыл – сылгы саннын хаптаҕайыгар эбэтэр моонньугар сүрүн өҥүттэн туспа дьүһүннээх улахан ойуу. Чараҥ – хатыҥ үүнэр ойуура. Чаҕытар – куттуур. Чагда – бэс ойуур.



Бу тыллары өйдөө:

Куоҕас – гагара, бараах – кулик-воробей, чөкчөҥө – фифи, үгүрүө – бекас, ымыы – снегирь, чооруос – чечетка, өтөн – горлица, чаччыгыныар – дрозд.

Дьаҕыл – сылгы саннын хаптаҕайыгар эбэтэр моонньугар сүрүн өҥүттэн туспа дьүһүннээх улахан ойуу. Чараҥ – хатыҥ үүнэр ойуура. Чаҕытар – куттуур. Чагда – бэс ойуур.



Бу тыллары өйдөө:

Куоҕас – гагара, бараах – кулик-воробей, чөкчөҥө – фифи, үгүрүө – бекас, ымыы – снегирь, чооруос – чечетка, өтөн – горлица, чаччыгыныар – дрозд.

Дьаҕыл – сылгы саннын хаптаҕайыгар эбэтэр моонньугар сүрүн өҥүттэн туспа дьүһүннээх улахан ойуу. Чараҥ – хатыҥ үүнэр ойуура. Чаҕытар – куттуур. Чагда – бэс ойуур.



Бу тыллары өйдөө:

Куоҕас – гагара, бараах – кулик-воробей, чөкчөҥө – фифи, үгүрүө – бекас, ымыы – снегирь, чооруос – чечетка, өтөн – горлица, чаччыгыныар – дрозд.

Дьаҕыл – сылгы саннын хаптаҕайыгар эбэтэр моонньугар сүрүн өҥүттэн туспа дьүһүннээх улахан ойуу. Чараҥ – хатыҥ үүнэр ойуура. Чаҕытар – куттуур. Чагда – бэс ойуур.



























































Сохранить у себя:
Конспект урока Көтөрдөр

Получите свидетельство о публикации сразу после загрузки работы



Получите бесплатно свидетельство о публикации сразу после добавления разработки